"Айар" оҕо сайдар эйгэтэ
Оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт дойдутун айылҕатын уратыларын, кини хамсыыр-харамайын, тылын-өһүн харыстыыр буола улаатарыгар бастакы хардыы тас эйгэ буолар. Ол курдук уһуйаан иһинэн сахалыы эйгэни тэрийиибит эдэр ыччат сайдар кэскиллээх, дойдутугар чугас, бэриниилээх киһи буола улаатарыгар тирэх буолар.
арт-объект "Үөй", арт-объект "Күбэйэ", "Экомир" эйгэ дизайна, арт-объект "Аал-Луук мас" дьүһүнүн дьүөрэлээһинэ, граффити, уһуйааҥҥа оҕо сайдыытын формулата, "Бэргэн булчут" Н.Ефимова авторскай оонньуутун эскиһэ, сахалыы эйгэ дизайна.
Made on
Tilda