Грантовая деятельность
Разрабатываем проекты, направленные на раскрытие педагогического мастерства и повышение социального статуса педагогических работников. Содействуем повышению мотивации людей к обучению и развитию.

Грант Главы РС(Я) "Анимационный кластер как образовательная практика для популяризации родного языка"

Анимационный кластер не только будет создавать контенты, но и обучать бесплатно педагогов, молодежь, заинтересованных лиц в области создания анимации по региональной тематике

"На что можно обменять золото с голову коня"
Якутская народная сказка (мультфильм)
"СЫЛГЫ ТӨБӨТҮН САҔА КӨМҮСКЭ ТУГУ АТАСТАҺЫАХХА СӨБҮЙ?"
Саха остуоруйата (ойуулук)

ӨС ХОҺООНУНАН БАЙЫТЫЛЛЫБЫТ ОЙУУЛУК

Үөрэхтээһин эйгэтигэр сайдыы саҥа хайысхаларын тобулуу - кэм ирдэбилэ буолла. «Улыбка» тутулуга суох тэрилтэ 2021 cыллаахха тэриллибитэ. Төрүттээччилэр Иванова Е.С., Иванова Н.К. эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр өҥөнү оҥорууга сыал-сорук туруоран, араас хайысхаларынан үлэ ыытыллан саҕаламмыта. Ааспыт сылга «төрөөбүт төрүт тылы сөргүтүү, тыл баайын сайыннарыы» хайысханан «Анимационный кластер как современная практика популяризации родного языка» диэн бырайыагы торумнаан, Ил Дархан гранын ылары ситистибит.

Бырайыагы олоххо киллэрии икки түһүмэхтэн турар, маҥнайгытынан, тохсунньуттан ыам ыйыгар диэри ойуулугу оҥорор сатабыллаах дьону түмэн, биэс араас программанан сүүс баҕалаах ыччаттары, иитээччилэри, учууталлары уһуйуу тэрилиннэ. Ол курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ сахалыы ойуулук сайдыытыгар биллэр-көстөр суолаах-иистээх, үгүс сыраларын уурбут дьон үөрэттилэр. Анна Алексеевна Слепцова-Шамаева - Adobe Animate, Николай Олегович Павлов - Anime Studio Pro, Ньургун Егорович Спиридонов- Blender, «Улыбка» уһуйаан педагогтара Слепцова Анастасия Ивановна-Animaker, Николаева Семерина Семеновна - Stop-motion программалары биирдии ый устата сатабылларын үллэһиннилэр. Ыытыллыбыт үлэ сахалыы ойуулук элбии-кэҥии турарыгар, баҕалаахтар сатабылларын сайыннаралларыгар төһүү буоллар диэн баҕалаахпыт.

Иккис түһүмэххэ өс хоһоонунан байытыллыбыт «Сылгы төбөтүн саҕа көмүскэ тугу атастаһыахха сөбүй» норуот остуоруйата ойуулук буолан таҕыста. Ойуулук дьоруойдарын саҥаларын «Улыбка» уһуйаан үлэһиттэрэ толордулар, сүрүн дьоруой саҥатын уһуйааммыт выпускнига Чаҕыл Посельскай аахта, уһун тиэкиһи чуолкайдык, лоп-бааччы толорбута астыннарар. Ону таһынан Чурапчытааҕы С.А.Новгородов аатынан орто оскуола 3-с кылааһын үөрэнээччитэ Дьулуур Платонов куолаһын араастаан уларытан, хас да киһи оруолун толорон силикпитин ситэрдэ. Төрөппүттэригэр Аина, Дмитрий Посельскайдарга, Айыына Платоноваҕа өйөбүлгүт иһин махтанабыт. Ойуулугу Анна Слепцова –Шамаева оҥорон, таҥан таһаарда, сценарийы Мария Саввина суруйда. Өйөбүл буолбут тэрилтэбитигэр, дьоруойдар саҥаларын устан, тыас-уус киллэрэн киэргэтэн биэрбитигэр, Чурапчытааҕы “Айылгы” норуот айымньытын дьиэтин коллективыгар, чуолаан Гаврил Лыткиҥҥа барҕа махталбытын тиэрдэбит.

Кырачаан оҕолорбут ойуулук көмөтүнэн, өс хоһоон суолтатын өйдөөн, төрөөбүт төрүт тылбыт баайын, сүмэтин билсэн, иҥэринэ улаатыахтара диэн эрэнэбит.

Президентский Грант Фонда культурных инициатив по проекту

"Анимационный обзор улусов Республики Саха (Якутия) "Путешествуем с Уруй"

Основная идея проекта направлена на создание медиапродукции «Путешествуем с Уруй», которая через современные мультимедийные технологии пропагандирует ценности здорового образа жизни, популяризирует медиаконтент на якутском, русском языке и знакомит с географией, трудовой историей родного края. Содержание медиапродукции «Путешествуем с Уруй», посвящается 100-летию образования Якутской АССР и будет состоять из 35 серий, посвященный всем районам (улусам) Республики Саха (Якутия).

Первые шаги реализации грантового проекта "Анимационный обзор улусов "Путешествуем с Уруй"
"Уруйдуун улуустарынан айан"
"Путешествуем с Уруй"
Сборник с QR - кодами
САХА СИРИН УЛУУСТАРЫНАН АЙАН
Улуустар уратыларын, олоҕун-дьаһаҕын мультик нөҥүө хамнанан билис
Made on
Tilda